Инсульт - тымыр быһа барыыта
Инсульт диэн киһи төбөтугэр тымыр быстан эбэтэр бүөлэнэн, хаан эргиирин кэһиллиитэ. Бөлүөх хаан (тромб) эбэтэр быстыбыт тымыртан тохтор хаан мэйии хаанынан хааччыллыытын кэһиллиитэ.
Кислород уонна глюкоза киирбэтиттэн мэйии килиэккэлэрэ өлөллөр, илии-атах, саҥа-иҥэ уонна төбө улэлэрэ кэһиллэр.
Арассыыйаҕа ыалдьааччы ус гыммыт биирэ улэлиир саастарыгар сылдьан дьон эбит буоллаҕына, инсульт кэнниттэн 20%-тан элбэҕэ суох киһи эрэ улэлиир турукка төннөр. Ону таһынан кэнникиннэн инсульт саастаах эрэ дьону буолбакка, 20-30 саастаахтары, бэл диэтэр, оҕолору охсор буолбутун бэлиэтиир наада.
Инсульт кими баҕарар охсуон сөп. Оһол тумугэр бөлүөх хаан үөскээһинэ эбэтэр аневризм (тымыр эркиннэрэ мөлтөөн бөлтөйөн тахсыыта) сайдыыта ардыгар кыайан хонтуруолламмат буоллаҕына, маннык ыарыылаах эбэтэр дьаллыктаах дьон, сэрэниэххитин наада.
Сэрэнин!
уларыт- артерия баттааһынын үрдээһинэ;
- диабет
- уойуу, олус үрдүк ыйааһын;
- сүрэх-тымыр ыарыылара;
- табаахтааһын;
- наркотик дьаллыга;
- аргылааһын.
Инсульт 55 саастарыттан аҕа саастаахтары ордук үгүстүк охсор. Ону кытта чугас аймахтара маннык ыарыыттан эмсэҕэлээбит дьону. Оттон 45–55 саастаахтары ылар буоллахха, эр дьон дьахталлардааҕар икки төгүл элбэхтик ыалдьаллар.
Ыарыы түөрт гыммыт үһэ — ишемическэй инсульт. Ол аата бөлүөх хаан мэйии тымырын бүөлээһинэ. Геморрагическай инсульт (мэйиигэ тымыр быстыыта) быдан сэрэх.
Мэйии улахана суох учаастага эмсэҕэлээтэҕинэ, илии-атах мөлтөөн барар. Оттон улахан буоллаҕына, баралыыстан саҕалаан өлүүгэ тиэрдэр. Ыарыы содула мэйии эмсэҕэлээбит кээмэйиттэн эрэ буолбакка, тарҕаныытын хайдах бохсортон тутулуктаах.
Инсульт охсубут үгүс дьоно биир өттулэрэ бүтүннүү эбэтэр сорҕото босхоҥ буолар, саҥалара мөлтүүр, хойууларын-убаҕастарын кыайан туппат буолаллар. Өйдөрө мөлтүүр. Инсульт бастаан киһиэхэ биллибэт. Аҕыйах мүнүүтэнэн хаанынан хааччыллыбат мэйии учаастактара өлөн киирэн бараллар, оччоҕуна эрэ содула биллэн барар.
Инсульт сибикитэ (симптом)
уларыт- илии-атах эмискэ мөлтөөн хаалар-уксугэр ханнык эрэ аҥаар өттүгэр;
- эмискэ өйүҥ-санааҥ тулэкэдийэр, кыайан саҥарбат эбэтэр [дьон]] саҥатын өйдөөбөт буолаҕын;
- эмискэ аҥаар эбэтэр икки хараххар охсор;
- эмискэччи хаамарыҥ уларыйар, мэйииҥ эргийэр;
Бастакы көмө!
уларыт- Киьиэхэ инсульт бэлиэтэ баар дии санаатаххытына, бэрт тургэнник суһал көмөнү ыҥырыахтааххыт. Мэйии хаанын эргиирин кэһиллиитэ саамай көдьүүстээх 3 чаас иһигэр эмтэниэн сөп.
- Хостон дьону таһаартыахха наада. Уулуссаҕа дьон үмүөрүһэрэ наадата суох – ыраас салгыны мэһэйдиэ суохтаахтар. Ыарыһах аттыгар көмөлөһөр эрэ дьон баар буолуохтаахтар.
- Ыарыһаҕы онно-манна сыҕарытыар наадата суох. Бу-сэрэхтээх! Ыарыһах охтубут сиригэр сытыахтаах. Ороҥҥо көһөрө сатыыр наадата суох.
- Ыраас салгын баар буоларын хааччыйыахха наада.
- Ыарыһах хотуолуур буоллаҕына, ойоҕоһунан сытыарыахха, хотуотун айаҕыттан ыраастыахха. Тумнастыан сөп.
- Ардыгар инсульт эпилепсия тииһигин кытта дьоҕуһуолланыан сөп. Оччотугар киһини ойоҕоһунан сытыаран баран, айаҕар былатыакка сууламмыт ньуосканы, тарааҕы, мас лоскуйун угуохха уонна төбөтүн сэрэнэн тутуохха, айаҕыттан куугэн тахсарын сотуохха. Кылаабынайа, киһини баттыа суохха наада. Сэрэнэн өйүөххэ-убуохха. Өйдөөҥ: наһатыырдаах испиири сытырҕалатар наадата суох – тыына хаайтаран өлөн хаалыан сөп.
- Сороҕор киһи сүрэҕэ тохтуон, тыыммат буолуон сөп. Оччотугар тутатына сурэҕин массаастаан тыын киллэриэххэ наада.
Сэрэтии!
уларытИнсульт профилактиката туох-ханнык иннинэ чөл олоҕу тутуһууга олоҕурар.
Артерия баттааһынын мэлдьи кэтии сылдьыахха наада. Баттааһын 140/90 мм. рт. ст. Ордуо суохтаах.
Табаахтаамаҥ эбэтэр табахтан төһөннөн эрдэ аккаастанаҕын да, соччоннон үчүгэй.
Аскытын төһө кыалларынан кыратык туустааҥ. Кэнсиэрбэлэртэн, полуфабрикаттартан аккаастаныҥ – баларга тууһа олус элбэх.
Хааҥҥытыгар холестерин таһымын хонтуруоллуу сылдьыҥ – саамай элбээбитэ 5 ммоль/л буолуохтаах.
Элбэх оҕуруот аһын, фруктаты сиэҥ, саахардаах астан аккаастаныҥ, сыалааҕы – арыылааҕы сиэмэҥ.
Арыгы иһимэҥ. Инсульт чуолаан арыгы испиккит кэнниттэн сотору буолаат охсуон сөп.
Ыарыы биллибэккэ барар. Биллиэн иннинэ ыарыы бэрт өр кэм устата сайдар. Ол иһин эмискэччи охсор курдук. Дьиҥэр, эккэр – хааҥҥар уларыйыы уһуннук барар. Ол иһин ыарыыны эрдэттэн бохсуохха, чөл олох бириинсиптэрин билиэххэ, олору тутуһуохха наада.
Суһал көмө кэлиэр диэри:
уларыт- Ыарыһаҕы сытыарыахха наада (ханна баҕарар, орон баар буоллаҕына ороҥҥо, суох буоллаҕына сиргэ.)
- Хотуолуур буоллаҕына, ойоҕоһунан сытыара охсуохха наада.
- Өйдөөҥ: тугу да сиэ, иһиэ суохтаах (ол иһигэр ханнык да эмп табылыаккатын).
- Сатанар буоллаҕына, ыарыы хаһан саҕаламмытын чуолкайдыахха, ханнык эми-тому иһэ сылдьыбытын билиэххэ наада. Артерия баттааһынын кээмэйдиэххэ.
- Инсульт уорбаланар буоллаҕына, ыарыһах турара, хаамара, аһыыра, ууну иһэрэ, табаахтыыра коҥүллэммэ!
Туһаныллыбыт литература
уларыт- КЫЫМ хаһыата 2017 сыл ахсынньы 14 кунэ
- https://ru.wikipedia.org/wiki/
Ыстатыйаны суруйда ХИФУ Мед. институтун устудьуона Федоров Андрей
Быһаарыылар
уларыт
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|