Тайпэй
Тайпей Куорат 臺北市 |
|||
|
|||
Хос аата: the City of Azaleas (杜鵑花之城) | |||
Тайпей Куорат аргыстан ойуута | |||
Координаталара: 25°02′ с. ш. 121°38′ в. д. / 25.033° с. ш. 121.633° в. д. (G) (O) | |||
---|---|---|---|
Дойду | Republic of China | ||
Регион | Хоту Тайуан | ||
City seat | Xinyi District | ||
Cалалтата | |||
- Mayor | Ko Wen-je (TPP) | ||
Иэнэ | |||
- Куорат | 271,7997 km² (104,9 sq mi) | ||
- Уу | 2,7 km² (1,0 sq mi) 1.0% | ||
- Urban | 2457 km² (948,7 sq mi) | ||
Олохтоохторо (September 2008) | |||
- Куорат | 2,622,933 | ||
- Чиҥэ | 9650,24 /km² (25 031/sq mi) | ||
- Urban | 6,752,826 | ||
- Метро | 10,072,918 | ||
Population Ranked 2 of 25 | |||
Кэм курдааһына | CST (UTC+8) | ||
The city has 12 districts. The metropolitan area of Taipei includes Taipei City, Taipei County, Keelung City, Taoyuan County, Hsinchu City, Hsinchu County, and Yilan County. City flower: Azalea (Rhododendron nudiflorum) City tree: Banyan (India laurel fig, Ficus microcarpa) City bird: Formosan Blue Magpie (Urocissa caerulea) |
|||
Сайт: http://english.taipei.gov.tw/ |
Тайпей диэн Кытай Республикатын киин куората (1949 ыла). Население — 2 621 641 чел. (2004).
Тайпей куорат Тайвань арыы хоту өттүгэр сытар.
Куорат хайалаах сиргэ турар, үс хайысханан хайа баар — хоту, соҕуруу уонна илин өттүнэн.
Тайпей — Тайвань транспортай киинэ буолар, манна тимир суол хотугулуу-илин турар Цзилун пордугар, соҕуруу эргин Гаосюн куоратыгар, ону кытары, саҥа Тайваннааҕы түргэн тэтимнээх тимир суола араас хайысханан тарҕанар. 2003 сылга Тайпей куоратыгар аан дойдуга биир саамай үрдүк тутуу Тайпэй 101. небоскреба тутуллубута.
Куоракка икки көтөр аал порда баар — Таоюань көтөр аал порда (ИАТА:TPE), Таоюань провинциятыгар, уонна дойду иһинээҕи Суншань көтөр аал порда (ИАТА:TSA), ону кытары Тайвань арыы хотугулуу-илин өттүгэр турар Цзилун муора порда баар.
Тайпей куората — Тайваҥҥа сүрүн үөрэхтээһин уонна үрдүк үөрэх киинэ буолар. Олор истэригэр биир аан дойдуга биллэр Тайвань судаарыстыбаннай Университета.
Кэрэ сирдэрэ
Тайпей — Тайвань култуурнай уонна туристическэй киинэ. Куорат сүрүн кэрэ сирдэринэн Императорскай Дыбарыас музейа (故宮博物館), Дракон хайатын Храма (龍山寺), Чан Кайши мемориала (中正紀念堂), түүҥҥү атыы-эргиэн киинэ Шилинь (士林夜市) уонна аан дойдуга уһун кэмҥэ саамай үрдүк дьиэнэн буола сылдьыбыт, Тайпэй 101 небоскреба. Өссө куоракка зоопарк (臺北市立動物園) баар, манна панданы уонна пингвиннары көрүөххэ сөп.
Тайпей метрота
Тайваньҥа метро — 90,5 километр усталаах, 82 тохтобуллаах. 2013 сылга эбии икки саҥа линия аһыллара күүтүллэр. Ол тутулуннаҕына, метрополитен устата150 километрга тиийиэхтээх. 2010 сыл түмүгүнэн күҥҥэ балтараа мөлүйүөн киһи метро өҥөтүнэн туттар. Метро төлөбүрэ тохтобуллар икки ардылара төһө ырааҕыттан тутулуктаах, ортотунан - 20-50 тайванннаҕы дуоллар буолар.