Сибиир татаардарын тыллара
Сибиир татаардарын тыллара (бэйэлэрэ ааттыыр ааттара: татар тел) — Сибиир татаардарын төрөөбүт тыллара. Бу тыл ханнык тыллар бөлөҕөр киирэрин туһунан биир кэлим санаа суох. Сорох чинчийээччилэр Сибиир татаардары тылларын туспа түүр тыла дии саныыллар, атыттар буоллаҕына татаар тылын илиҥҥи диалега дииллэр[1][2][3].
Сибиир татаардарын тыллара үс улахан бөлөххө (диалекка) арахсар: Тобол-Иртыш, Барабинскай уонна Томскай.
Билиҥҥи кэмҥэ Сибиир татаардарын тыллара ЮНЕСКО сүтэр кутталлаах тыллар испииһэгэр киирбитэ[4].
Классификация
уларытВ. В. Радлов классификацията
уларыт- Илиҥҥи бөлөх: алтаай тыла, Чулым татаардарын тыллара, тофа тыла, хакас тыла, шор тыла уонна тыва тыла;
- Арҕааҥы бөлөх: Арҕаа Сибиир татаардарын тыллара, кыргыс тыла, каһаах тыла, башкиир тыла, татаар тыла уонна каракалпак тыла;
- Орто Азия бөлөҕө: уйгуур тыла уонна узбек тыла;
- Соҕурууҥу бөлөх: туркмен тыла, азербайдьаан тыла, турок тыла, Кырыым татаардарын тылларын соҕурууҥҥу гуобардара;
- Саха тыла туспа[5].
В. А. Богородицкай классификацията
уларыт- Хотугулуу илиҥҥи — саха тыла, тофа тыла уонна тыва тыла;
- Хакас (Абакаан) — хакас тылын саҕай, бэлтир, койбаль, качин уонна кызыл гуобардара;
- Алтаай — алтаай тыла уонна телеут тыла, тубалар тыллара уонна сорох атыттар;
- Арҕаа Сибиир — Сибиир татаардарын тыллара;
- Поволжье уонна Приуралье — татаар уонна башкир тыллара;
- Орто Азия — уйгуур тыла, казах тыла, кыргыс тыла, узбек тыла, каракалпак тыла;
- Соҕуруулуу арҕаа — туркмен тыла, азербайдьаан тыла, кумык тыла, гагауз тыла уонна турок тыла[6].
Үөрэтии историята
уларытСибиир татаардарын тылларын аан маҥнай нуучча таҥараһыттара бэйэлэрин итэҕэллэрин тарҕатаары үөрэтэн саҕалаабыттара. Ол курдук XVIII үйэ бүтүүтүгэр (1783 сыллаахха) Сибиир татаардарын тылларын үөрэтии саҕаламмыта. Таҥараһыттартан биллэр Иосиф Гиганов диэн киһи үөрэппит. Кини 1801 сыллаахха «Грамматика татарского языка» диэн кинигэни суруйбута[7]. 1804 сыллаахха Иосиф Гиганов иккис кинигэтэ, чуолаан "Нуучча-татаар тылдьыта" бэчээккэ тахсыбыта[8].
1802 сыллаахха Саускан оскуолатын учуутала Нийэт-Баки Атнометов Сибиир татаардарын үөрэтээри «Букварь арабского и татарского письма» диэн ааттаах кинигэни Санкт-Петербуркка бэчээккэ таһаартарбыта[9]. Ол кэннитэн аатырбыт Сибиири чинчийээччи Г. Ф. Миллер эмиэ Сибиир татаардарын тылларын үөрэппитэ[10].
Эбии көр
уларытБыһаарыылар
уларыт- ↑ Ахатов Г. Х. Вопросы методики преподавания татарского языка в условиях восточного диалекта. — Тобольск, 1958.
- ↑ Poppe Nicholas Introduction to Altaic linguistics. — Wiesbaden: Onno Harrassowitz, 1965. — С. 45. — 212 с.
- ↑ Сравнительно-историческая грамматика тюркских языков. Региональные реконструкции / Э. Р. Тенишев. — М.: Наука, 2002. — С. 767. — 732 с.
- ↑ UNESCO Atlas of the World’s Languages in danger
- ↑ Гаджиева Н. З. Тюркские языки. // Лингвистический энциклопедический словарь. — М., 1990. — С. 527—529)
- ↑ Богородицкий В. А. Введение в татарское языкознание. Казань, 1934.
- ↑ Гиганов И. Грамматика татарского языка, сочинённая в Тобольской главной школе учителем татарского языка, Софийского Собора священником Иосифом Гигановым. СПб., 1801.
- ↑ Гиганов, Иосиф // Русский биографический словарь : в 25 томах. — СПб.—М., 1896—1918.
- ↑ Атнаметов Н. Б. Букварь татарского и арабского письма с приложением слов со знаками, показывающими их выговор. Под рук. И. Гиганова. СПб., 1802.
- ↑ Ахатов Г. Х. Диалект западносибирских татар. Уфа, 1963. 195 с.
Кинигэлэр уонна ыстатыйалар
уларыт- Алишина Х. Ч. Тоболо-иртышский диалект языка сибирских татар. Казань: Изд-во Казанского пед. ин-та, 1994. 119 с.
- Атнаметов Н. Б. Букварь татарского и арабского письма с приложением слов со знаками, показывающими их выговор. — СПб., 1802.
- Ахатов Г. Х. Тобол сөйләше. — Тобольск, 1957. 150 с.
- Ахатов Г. Х. Вопросы методики преподавания татарского языка в условиях восточного диалекта. — Тобольск, 1958.
- Ахатов Г. Х. Язык сибирских татар. Фонетические особенности. — Уфа, 1960.
- Ахатов Г. Х. Диалект западносибирских татар. — Уфа, 1963, 195 с.
- Ахатов Г. Х. Языковые контакты народов Поволжья и Урала. — Уфа, 1970.
- Ахатов Г. Х. Татарская диалектология (учебник для студентов вузов). — Уфа,1977.
- Ахатов Г. Х. Диалект западносибирских татар (учебник для студентов вузов). — Уфа, 1977.
- Ахатов Г. Х. «Фразеологический словарь татарского языка» (монография). — Казань, 1982, 177 с.
- Ахатов Г. Х. Татарская диалектология (учебник для студентов вузов). — Казань, 1984.
- Барсукова Р. С. Заболотный говор тоболо-иртышского диалекта татарского языка в сравнительном освещении. Казань, 2004. 160 с.
- Баскаков Н. А. Тюркские языки. М., 1960.
- Богородицкий В. А. Введение в татарское языкознание. Казань, 1934.
- Валеев Ф. Т. Западносибирские татары во второй половине XIX—XX вв.: историко-этнографические очерки. Казань, 1980. 200 с.
- Валеев Ф. Т. Сибирские татары: культура и быт. Казань, 1993. 208 с.
- Валеев Ф. Т. Языковые проблемы западносибирских татар // Языковая ситуация в Российской Федерации. М, 1992. С. 72-82.
- Гиганов И. Грамматика татарского языка, сочинённая в Тобольской главной школе учителем татарского языка, Софийского Собора священником Иосифом Гигановым. СПб., 1801.
- Гиганов И. Слова коренные, нужнейшие к сведению для обучения татарскому языку, собранные в Тобольской главной школе учителем татарского языка, Софийского Собора священником Гигановым и Юртовскими муллами свидетельствованные. СПб., 1801.
- Дульзон А. П. Языки и топонимия Сибири: сб. ст. Томск, 1996. 186 с.
- Дульзон А. П. Чулымские татары и их язык. Томск, 1952. С. 56.
- Заляй Л. Историческая морфология татарского языка: очерки: [на татар. яз.]. — Казань: Фикер, 2000. — ISBN 5-93091-011-1.
- Гаджиева Н. З. Тюркские языки. // Лингвистический энциклопедический словарь. — М., 1990. — С. 527—529)
- Насибуллина А. Х. Лексика тоболо-иртышских диалектов сибирских татар (в семантическом и генетическом аспектах). Тюмень, 2001. 147 с.
- Рахимова А. Лексика диалектов сибирских татар: сравнительно-исторический анализ промысловой и хозяйственной лексики. Казань, 2001. 128 с.
- Русско-татарская азбука на русском языке и на наречии татар Тобольской губернии. Тобольск, 1906.
- Сагидуллин М. А. Фонетика и графика современного сибирскотатарского языка. Тюмень: Искер, 2008. — 64 с. ISBN 978-5-87591-129-3.
- Сагидуллин М. А. Русско-сибирскотатарский словарь: ок. 15000 слов. Тюмень: Мандр и К, 2010. — 216 с. — 2000 экз. ISBN 5-93020-441-1.
- Сунгатов Г. М. Фонетическая система заболотного говора тоболо-иртышского диалекта сибирских татар: автореф. дис. … канд. филол. наук. Казань, 1991.
- Тенишев Э. Р. Некоторые социолингвистические проблемы в тюркском мире // Татарский мир. 2003, № 2.
- Тумашева Д. Г., Насибуллина А. Х. Словарь диалектной лексики татарских говоров Тюменской области. Тюмень, 2000.
- Тумашева Д. Г. К этнолингвистической истории Сибирских татар // Экология культуры и образования: филология, философия, история. Тюмень, 1997. С. 137—139.
- Тумашева Д. Г. Көнбатыш себер татарлары теле. Грамматик очерк хэм сузлек. Казань, 1961.
- Тумашева Д. Г. Язык сибирских (тоболо-иртышских) татар. Тюмень, 1997.