Атырдьах ыйын 22
Тас көрүҥэ
Атырдьах ыйын 22 диэн Григориан халандаарыгар сыл 234-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 235-c күнэ). Сыл бүтүө 131 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ХНТ — Итэҕэллэриттэн эбэтэр тус санааларыттан сылтаан атаҕастанан суорума суолламмыттары ахтар күн [1]
- Арассыыйа:
- Былаах күнэ
- Коми — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1663 — Алексей Михайлович ыраахтааҕы сымыйа манньыат кутааччылары ойохторун-оҕолорун кытта Сибииргэ төннүбэттии олохсута ыытар туһунан ыйаах таһаарбыт.
- 1795 — Францияҕа конвент III сыллаах Конституция диэни бигэргэппит, бу докумуон киһи барыта быыбарга кыттар быраабын аан бастаан кэрэһилээбит.
- 1864 — Бастакы Женева конвенцията түһэрсиллибит. Судаарыстыбалар сэриигэ бааһырбыт уонна ыалдьыбыт саллааттар уонна медиктэр көмүскэллээх буолуохтаахтарыгар сөбүлэспиттэр. Ону кытары Аан дойдутааҕы Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый хамсааһыннара тэриллибит.
- 1898 — Саха Сирин күбүрүнээтэрэ тойонугар Иркутскайга дьахтар прогимназиятын гимназияҕа кубулутар туһунан көрдөһүү суруйбут. Сотору буолан баран сөбүлэҥ бэриллибит.
- 1910 — Дьоппуон Кэриэйэни аннексиялаабыт. Бу оккупация кэмигэр Кэриэйэ экэниэмикэтэ сайдыбыта, дьон олоҕун уһуна 23,5 сылтан 43-кэ диэри уһаабыта, начаалынай үөрэҕирии киллэриллибитэ биллэр. Ол эрэн дьоппуоннар ассимиляция бэлиитикэтин ыыппыттара эмиэ биллэр, холобура, кэриэй дьонун дьопуоннуу аат ылыналларыгар күһэйбиттэр эбит. Оккупация 1945 сыллаахха түмүктэммит.
- 1918 — Поручик Гордеев быһылыктаах үрүҥ этэрээт Дьокуускай куоратын иккистээн ылбыт. Куоракка большевиктары уонна кинилэри өйөөччүлэри утары репрессиялар саҕаламмыттар. Репрессия кэмигэр 50-чэ киһи суута-сокуона суох ытыллыбыт, ону кытары элбэх киһи Иркутскайга ыытыллыбыттар: Былатыан Ойуунускай (Слепцов), Максим Аммосов, Исидор Барахов (Иванов), Степан Васильев, Дора Жиркова, К.С. Середкина, В.Д. Чаплинский, М.М. Виленская уо.д.а.
- 1921
- РСФСР иһинэн Коми (Зыряннар) автономиялаах уобаластара тэриллибит.
- Дьокуускайга Күбүөрүнэ идэлээх сойуустарын I кэмпириэнсийэтэ саҕаламмыт, 29-ка диэри буолбут. Дьокуускайтан уонна 17 уйуостан 60 дэлэгээт кыттыбыт.
- 1922 — Норуот хамыһаардарын Сэбиэтэ (Совнарком) оскуолаларга барытыгар саха тылын үөрэтии туһунан Уураах таһаарбыт.
- Бүлүү педучилищета (кэллиэһэ) үөскээбит күнэ. Бу күн Саха сирин Наркомпроһун кэллиэгийэтин ыйааҕынан Бүлүү куоратын 2-с сүһүөх оскуолата “Бүлүүтээҕи педагогическай хайысхалаах 2-с сүһүөх оскуолата” диэн ааттаммыт[2]. 1926 сыл сэтинньи 26 күнүгэр Саха АССР Совнаркомун быһаарыытынан педагогическай техникум буолбута.
- 1989
- Литва өрөспүүбүлүкэни Сэбиэскэй Сойуус аннексиялаабытын сокуоннайа суоҕунан биллэрбит.
- Казаах тыла Казахстааҥҥа судаарыстыбаннай тыл буолбут.
- 1995 — Арассыыйаҕа бааннар ыккардыларынааҕы кирэдьиит тиһигин кириисиһэ саҕаламмыт. Икки хонон баран атырдьах ыйын 24 күнүгэр улахан дьалхаан — "хара чэппиэр" буолбут.
- 2004
- Арассыыйаҕа льготаны монетизациялыыр (льгота оннугар харчы төлүүр) туһунан сокуон ылыллыбыт.
- 122-ФЗ сокуонунан айылҕа баайын хостуурга көҥүлү биэрэр "икки күлүүс" тосхоло ууратыллыбыт. Мантан инньэ хостуур лиссиэнсийэни федерация салалтата соҕотоҕун быһаарар буолбут.
- 2008
- XXIX Олимпиадаҕа Ньурбаттан төрүттээх боксер Георгий Балакшин боруонса мэтээли ылбыт.
- Анголаҕа АЛРОСА Сауриму куорат аттыгар гидроэлектростанцияны арыйбыт. Бу ГЭС "Катокаҕа" алмаас хостонуутун түргэтэппитэ.
- 2011 — Дьокуускайга Сибиир, Уһук Илин куораттарын мээрдэрэ Япония Арҕаа Кытылын мээрдэрин кытта XXIII көрсүһүүлэрэ аһыллыбыт. Японияттан Хагодатэ, Акита, Юрихондзе, Ниигата, Цубамэ, Дзеэцу, Тояма, Такаока, Цуруга, Майдзуру, Арассыыйаттан Хабаровскай, Биробиджан, Благовещенскай, Камчааткатааҕы-Петропавловскай, Находка, Соҕуруу Сахалинскай, Улан-Удэ уонна Владивосток куораттар бэрэстэбиитэллэрэ кэлбиттэр. Туризм уонна көлө сайдыытын туһунан кэпсэппиттэр.
- 2012 — Арассыыйа Аан дойдутааҕы эргиэн тэрилтэтигэр киирбит.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1874 — Макс Шелер — ниэмэс идеалист-бөлүөһүөгэ, аксиологияны, билии-көрүү социологиятын уонна философия антропологиятын туспа дисциплина быһыытынан төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ.
- 1904 — Дэн Сяопин — кытай бэлиитигэ уонна реформатора, Кытай Хомуньуус Баартыйатын дьайыксыта, 1970-с уонна 1980-с сылларга дойду дьиҥнээх салайааччыта. Кини салайыытынан Кытай экэниэмикэтэ балысхан сайдыы суолугар турбута.
- 1934 — Василий Яковлев (22.08.1934—26.01.1994) — бэйиэт, суруйааччы, тылбаасчыт. Кини «Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиит» кэпсээнинэн аан дойдуга аатырбыт «Тойон кыыл» киинэ уһуллубута.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1966 — түҥ былыргы пранострат тылы сөргүппүт лингвист Владислав Иллич-Свитыч өлбүт (1934 төр.). Бу сабаҕалааһын быһыытынан баар буола сылдьыбыт тылтан аныгы алтаай, картвел, дравид, индоевропа, ураал кэргэттэригэр киирэр тыллар (ол иһигэр саха тыла) үөскээбиттэр диэн буолар. Бу түөрүйэни үгүс тыл үөрэхтээҕэ өйөөбөт.
- 1991 — ССРС ис дьыалатын миниистирэ Борис Пуго бэйэтигэр тиийинэн өлбүт (1937 төр.). Кини ССРС-ка былааһы күүс өттүнэн ыла сатаабыт ГКЧП чилиэннэриттэн биирдэстэрэ этэ.
- 1993 — Динмухамед Кунаев (1912 төр.), Казаах ССР КК бастакы сэкиритээрэ (1960—1962, 1964—1986).
|