Иһинээҕитигэр көс

Тянь-Шань

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тянь-Ша́нь (тадж. Тиён Шон, кит. трад. 天山山脈, упр. 天山山脉, пиньинь: Tiānshān shānmài, уйг. تەڭرىتاغ, Тәңри тағ, кирг. Ала-ТОО, Теңир-Тоо, каз. Тәңіртау, узб. Tyan Shan, монг. Тэнгэр уул) — Азия саамай сөҕүмэр улахан хайалаах системаларыттан биирдэстэрэ, Киин Азия сытар биэс судаарыстыба сирин-уотун хабар (Таджикистан, Кыргыстан, Кытай (Синьцзян-Уйгур автономнай оройуона), Казахстан уонна Узбекистан).

Тянь-Шань хайалара аан дойду үрдүнэн биир саамай үрдүк хайалар быһыытынан биллэллэр: Кыайыы өргөһө (7439 м), Хан-Тенгри өргөһө (6995 м) бааллар.

Хайалар икки ардыларынааҕы сорох хотооллор 3000 м үрдүккэ онтон да үөһэ сыталлар. Олору 4000 м үрдүктээх хайалар тулалыыллар. Онно өрүстэр уу ылынар модун ледниктэрэ үөскүүллэр. Хайаларга баар от үүнээйилээх, мэччирэҥ быһыытынан туһаныллар киэҥ, хаптаҕай биитэр кыра оллур-боллур сирдэри олохтоох нэһилиэнньэ сыртар диэн ааттыыр.

Хайалар икки ардыларынааҕы сорох хотооллорго дириҥ күөллэр бааллар. Олортон биир саамай аатырбыттара - Иссык-Куль. Тулалаан турар хайаларыттан күөлгэ элбэх өрүс түһэр, оттон күөл бэйэтэ сүүрүгүрдүбэт.

1700 м-тэн үөһэ хапчааннарга уонна хотугу эниэлэргэ тянь-шань харыйата тыата үүнэр, кураанах эниэлэргэ арча бөлкөйдөрө үүнэллэр. Олорго тыата убаҕас, ол иһин онно күн уота күүскэ ититэр буолан сымала сыта хойуу. Тыаларыгар сибиир туртаһа, сиэгэн олохсуйаллар.

2700 м үрдүккэ эгэлгэ дьүһүннээх оттоох субальпийскай, онтон арыый намыһах оттоох альпийскай ходуһалар кэлэллэр.