Эриэн Көтөр (сулустар бөлөхтөрө)
Тас көрүҥэ
Эриэн Көтөр (латыынныы Apus), Соҕуруу полюс аттынааҕы сулустар бөлөхтөрө. Иэнэ — 206 квадрат кыраадыс, 20 көстөр сулустардаах. Арассыыйа территориятыттан көстүбэт.
Сулустар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Аатын холоотоххо туох да интириэһиргэтэрэ суох. Ол гынан баран S Aps диэн сулус 113 күн периодтаах көстөр улахана 100 төгүл уларыйар. Астрономнар итини быһаара иликтэр.
- δ Aps — икки сулустаах система, биирэ кыһыл иккиһэ оранж өҥнөөх гиганнар.
Устуоруйата
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Саҥа бөлөх. Петер Планциус 1598 сыллаахха киллэрбитэ.
Кытайдар былыргыттан Кыра Аптаах Көтөр диэн ааттыыллара.
Ону таһынан латыыннныы аата (Apus) билиҥҥи систематизация быһыытынан хайа хараҥаччыта.
Интириэһиргэтэр факттар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Бөлөх биир сулуһа Алиса диэн ааттаах. Кир Булычёв фантастика кэпсээннэрин Алиса Селезнева диэн ааттаах геройун аатынан ааттаммыт.[1].
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Сигэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- WIKISKY.ORG: Райская Птица
- Астромиф: Райская Птица Архыыптаммыт 2008, Бэс ыйын 30 күнүгэр.