Иһинээҕитигэр көс

Ырай

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ырай диэн сымыйа, өйтөн булуллубут, дьадаҥы, өлөн эрэр дьону албынныырга аналланар дойду ааттанар. 

Саха сиригэр нууччалар кэлээт даҕаны христианскай, православнай итэҕэллэрин тарҕаппытынан барбыттара. Христианскай православнай таҥара үөрэҕин билбиппит 400-чэ сыллар буолан эрэллэр. Нууччалар православнай өй-санаа үөрэҕин “буох” үөрэҕэ диэн ааттыылларын таба өйдөөн сахалыы таҥара үөрэҕиттэн туспа араарыа этибит. Ол курдук нууччалар үөрэхтэрэ сурукка киирэн саалтыырга, библияҕэ суруллан сылдьаллар, онтон сахалар таҥараларын үөрэҕин саҥа суруйан эрэбит.

Сахалар былыр-былыргыттан өй-санаа үөрэҕин таҥара үөрэҕэ диэн ааттыылларыттан “буох” үөрэҕин таҥара үөрэҕэ диэн ааттаан иҥэрэн кэбиспиттэр. Ол да буоллар “буох” үөрэҕин таҥара үөрэҕин кытта буккуйуу табыллыбат, үгүс өрүттэрэ сөп түбэспэттэр. “Буох” үөрэҕин нууччалар арҕааттан илдьэ кэлбиттэриттэн былыргы таҥара, тенгрианство үөрэҕиттэн улаханнык уларыйбыт. Былыргы таҥараһыттар икки тарбахтарын холбуу тутан үҥэр эбит буоллахтарына, аныгы сайдыбыт “буох” үөрэҕэр үс тарбахтарын холбуу тутан үҥэллэр.

Таҥара үөрэҕэ диэн сахалар былыр-былыргыттан бэйэбит үөрэхпит. Таҥ, таҥар диэн тылларбыт өй-санаа тус-туспа үгэстэртэн хомулларын быһааралларынан бу үөрэхпит таҥара диэн ааттаммыт.

“Буох” уонна таҥара үөрэхтэрэ оҕо төрүөҕүттэн ыла иитэн, үөрэтэн, сайыннаран үчүгэй киһини иитэн улаатыннарарга биир өрүттэрэ сөп түбэһэллэр, онтон үрүҥ айыылартан кэлэр, ылынар билиилэрэ тус-туһунаннар, нуучча уонна саха диэн тус-туспа омуктары айыылар үөскэтэллэр.  

Билигин сахалар таҥараларын үөрэҕин чинчийэн үөрэтии кэнниттэн атын таҥаралар үөрэхтэрин кытта тэҥнээн көрүү кыаллар буолла. Сахалар таҥараларын үөрэҕин сүрүн салаата киһи буолуу үөрэҕэ улахан киһи уонна үчүгэй киһи буолуу үөрэхтэрин быдан иннинэ үөскээбитэ быһаарылынна.

Киһи кыаҕа кыра. Араас элбэх баҕа санааларын барыларын толорор кыаҕа суох. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн киһи баҕа санаалара икки аҥы арахсаллар:

1. Баҕа санаа. Баҕа санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан, күүһүнэн олоҕун устата кыайан толорор баҕа санааларын этэллэр.

2. Ыра санаа. Киһи кыайан толорбот, олоххо кыайан киллэрбэт араас элбэх баҕа санаалара ыра санаа диэн ааттаналлар.

Ыра санаалар олус элбэхтик хос-хос хатыланнахтарына киһи бу баҕа санааларын кырдьык баалларын курдук санаатыгар оҕустарыан сөп. Итини тэҥэ бу араас үчүгэй баҕа санааларын элбэхтэ хос-хос саныырыттан ол санаалара үгэс буолан хараҕар субу баар курдук көстүөхтэрин сөп.

Сахалар киһи санаатын уратыларын дириҥник үөрэппиттэр. Баҕа санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан толорор санаалара, онтон ыра санаа диэн киһи хаһан да туолбат араас санааларын ааттыыллар. Ыра санаа мунньустар сирэ, дойдута Ырай диэн ааттанан Христос таҥара үөрэҕэр киирэн сылдьар. Бу быһаарыы Христос таҥара үөрэҕэ сахалар таҥара үөрэхтэриттэн үөскээбитин быһаарар.

Сахалар ыра санаа диэн этиилэриттэн Христос таҥара үөрэҕэр Ырай дойдута үөскээбит. Бу дойдуга киһи өллөҕүнэ куттара тиийэллэр, баҕа санаалара дьэ туолаллар диэн христианскай таҥара итэҕэлэ итэҕэйэр дьону барыларын албынныыр.

Дьадаҥы, бэйэлэрэ кыаммат, кыахтара суох дьон ордук элбэх ыра санааларга оҕустараллар. Бу быһаарыыны сахалар “Дьадаҥы киһи остуоруйаһыт” диэн өс хоһоонноро чуолкайдыыр. Аһыыр аһылыктара тиийбэт дьадаҥылар бэйэтэ буһарар көһүйэни айан аччыктыыр санааларын уоскуталларын аптаах остуоруйа диэн ааттыыбыт.

Санаа үгэскэ кубулуйбутун бэлиэтин түүлү үөрэтииттэн булан ылабыт. Киһи түүлүгэр үгэс буолбут санааларын, атын үгэстэри субу баар курдук көрөр кыахтаах. Куруук саныыр ыра санааларын киһи түүлүгэр курдук көрүөн сөп.

Билигин өлбүт киһи өйө-санаата хайдах үрэллэн ыһыллара биллэр буолла. Өлбүт киһи сүрэ күүһүн сүтэрэриттэн куттара үрэллэн, үөр буолан ыһыллаллар. Үгэс буолбут ураты өй-санаа айыы буолан Үөһээ дойдуга тахсан туспа сылдьар кыахтанар. Өлбүт киһи куттара маннык үрэллэн ыһыллаллар:

1. Салгын кута үс хонугунан ыһыллар. Үс хонук иһинэн киһи тилиннэҕинэ өйө-санаата оннугар түһүөн сөп. Өлбүт киһини үс хоннорон, баҕар тиллиэ диэн кэтэһэ түһэн баран көмөллөр.

2. Ийэ кута тоҕус хонугунан үрэллэр. Экстраценстар хаартыскаҕа көрөн киһи өлбүтүн тоҕус хонуга туолбутун кэнниттэн биирдэ арааран билэллэрэ кыаллар.

3. Буор кута түөрт уон хонугунан ыһыллар, бытанар. Өлбүттээхтэр 40 хонук устата бултуу сылдьыбаттарын бу кэм устата кини кута дойдутун кэрийэ сылдьарынан быһаарыллар.

Өлөн эрэр киһи куттара үрэллэн ыһылла иликтэринэ тыыннаах эрдэҕинээҕи баҕа санаатын илэ курдук көрүөн сөп. Өлө сыһан баран үс хонук иһинэн үтүөрбүттэр баҕа санааларын курдук дойдуну көрбүттэрин кэпсээбиттэрин элбэҕи суруйаллар.

Ыра санаа үгэс буолбута киһи хараҕар илэ көстөрө православнай таҥара үөрэҕэр Ырай диэн ааттанан киирэ сылдьар. Бу быһаарыы Христос таҥара үөрэҕэ сахалар үөрэхтэриттэн үөскээн салгыы сайдыбытын чуолкайдык дакаастыыр. Бу Ырайга, баҕа санаатын дойдутугар киһи өллөҕүнэ өйө-санаата тиийэр диэн православнай таҥара үөрэҕэ дьадаҥы дьону билигин да албынныыр.

Ыраахтааҕы баарын саҕана православнай таҥара үлэһиттэрэ аһара байбыттарга киирсэннэр итэҕэйээччилэри; дьадаҥылары, үлэһиттэри быһаччы албыннаары Ырай дойдутун айбыттар. Дьадаҥы киһи кыайан туолбат баҕа санаалара аһара элбэҕиттэн ыра санаалара үгүстэр. Ол иһин “Баҕа санааҕыт өлбүккүт кэннэ туолуоҕа” диэн этэр “буох” үөрэҕин албыныгар киирэн биэрэллэр. Киһи этэ-сиинэ өлөрүн кытта өйө-санаата түргэнник, үс хонук устата суох буола, уларыйа охсубат уратытын туһанан итинник албынныыллар. Бу албыҥҥа православнай “буох” үөрэҕин итэҕэйээччилэр билигин да киирэн биэрэ сылдьаллар.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэр Ырай диэн дьадаҥы дьону албынныыр сымыйа дойду суох. Куруук ыра санаатыгар ыллара сылдьар киһи ол санаата үгэс буолан хааллаҕына онтун илэ курдук көрүөн сөп диэн сахалыы өй-санаа үөрэҕэ быһаарар. (1,141).

Туһаныллыбыт литература

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  1. Каженкин И.И. Орто дойду олоҕо. - Дьокуускай: ГБУ РС (Я) "Бизнес:инкубатор", 2019. - 158 с.