Ефремов Степан Павлович
Ефремов Степан Павлович (06.01.1905—24.03.1983) — драматург, Россия суруйааччыларын Түмсүүлэрин чилиэнэ (1937), суруйааччылар Бүтүн Союзтааҕы V съезтэрин делегата.
Олоҕун олуктара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1905 сыллаахха тохсунньу 7 күнүгэр Хаҥалас улууһун III- Малдьаҕар Харыйалаахха нэһилиэгэр төрөөбүт.
- 1922 с. — уон сэттэ саастааҕар кыһыллар өттүлэригэр сэриилэспит, бойобуой сорудаҕы ситиһиилээхтик толорон винчестерынан наҕараадаламмыт.
- 1923 с. — Дьокуускайдааҕы педтехникум устудьуона буолар.
- 1920-с сыллар саҥаларыгар ыччат «Сайдыы» диэн ааттаах литературнай куруһуогун чилиэнэ. Бу сылларга «Сон рабочего» пьесаны суруйар, онтуката "Саха омук" уопсастыба кулуубугар турар.
- 1924 с. - Бастакы пьесата "Үлэһит түүлэ".
- 1925 с. — Эллэйдиин, Н. Н. Павловтыын литературнай-общественнай куруһуок тэрийэллэр. Бу куруһуогу П. А. Ойуунускай, А. Ф. Бояров, А. А. Күндэ салайаллар.
- 1927 с. — «Эстибит эргэ, сандаарбыт саҥа» пьесата бэчээттэнэн, күн сирин көрбүтэ.
- 1929 с. — Иркутскай рабфагын бүтэрэр уонна дойдутугар кэлэн Чурапчыга ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн, оройуоннааҕы үөрэх салаатын сэбиэдиссэйинэн улэлиир.
- 1934 с. — «Ини-бии» драманы суруйар.
- Чурапчыга түөрт сыл үөрэҕирии салаатын сэбиэдиссэйинэн, сэттэ сыл Намҥа оскуола дириэктэринэн, үөрэх министиэристибэтигэр инспекторынан үлэлиир.
- Сэрии сылларыгар уонна ол кэннэ Музыкальнай драматическай театр дириэктэринэн үлэлиир.
- 1948 сылтан өлүөр дылы Орджоникидзевскай оройуоҥҥа учууталлыыр.
- 1956 с. — ССКП чилиэнэ.
- 1983 сыллаахха кулун тутар 24 күнүгэр олохтон туораабыта.
С. П. Ефремов 20-н тахса пьесаны суруйбута. Айымньылара республика араас театрдарыгар оонньоммуттара.
Сыралаах үлэтэ мэтээллэринэн уонна Ытыктабыл грамоталарынан бэлиэтэммитэ. Кини аатынан Покровскай куорат биир улахан уулуссата ааттанар.
Литератураҕа кэлиитэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]С. П. Ефремов бэйэтэ илиитинэн суруйан хаалларбыт автобиографиятыттан көрдөххө, кини литератураҕа кэлиитэ 20-с сыллардаахха буолбут. Бастаан самодеятельность кыттыылаахтарын «народнай театрдарыгар» кыра оруоллары оонньуур буолуоҕуттан са5аламмыт. Ити кэм бэйэтэ С. Ефремов саха бастакы көлүөнэ суруйааччыларын кытары литература5а тэҥҥэ киирэригэр бэрт бэлиэ суолу хаалларбыт. Драматург бастакы ситиһиитэ «Үлэһит түүлэ» (1924) пьесатыттан саҕаламмыта. Бастакы пьесатын Арҕаа Хаҥалас үөрэнээччилэрин күүһүнэн туруораллар. Ол кэнниттэн «Тээтэ» (1925), «Эстибит эргэ, сандаарбыт саҥа» (1926) суруллаллар. Эдэр драматург ити айымньыларынан Саха Сиригэр буолан ааспыт оччотооҕу революционнай – агитационнай олох ис хоһоонуттан туораабакка чахчылаахтык суруйбута.[1]
Гражданскай сэрии кэминээҕи олоҕо
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1919 сыллаахха уол ийэлээх аҕата арахсаннар, тыа5а көһөн тахсаллар. Өктөм икки кылаастаах оскуолатыгар үөрэҕин салгыыр. Соҕотох ийэтинээн тииммэт-түгэммэт олохтононнор, бэрт эрэйинэн-кыһалҕанан олорбуттара. 1921 сыллаахха улууска бастаан тэриллибит комсомольскай тэрилтэҕэ баҕа өттүнэн киирэр уонна кыһыл дружинаҕа суруттарар.
Драматург олоҕун кэлин сылларыгар кини Өктөмнөөҕү сылларын «олоҕун сөптөөх үчүгэй ыллыкка киллэрбитин» туһунан суруйбута. Коробейников баандата эстибитин кэннэ, Степан Ефремов куоракка киирэн үөрэнэ сырыттаҕына, аны 1923 сыллаахха Пепеляев генералы утары тэриллибит Якнарревдотка суруттарар. Курашовтаах Байкаловы кытары сибээһи хорсуннук толорбуттар ортолоругар кини аата эмиэ ааттаммыта уонна ЯЦИК бэлэхтээбит анал суруктаах берданкатынан наҕараадаланар. Ити курдук кини тус бэйэтин олоҕунан уонна илиитигэр саа-саадах тутан «эргэни эсиһэр, саҥаны сандаардыһар».
Саха Сиригэр пепеляевщина кэнниттэн С. Ефремов үөрэҕин педтехникумна салҕыыр. Оччолорго педтехникум саха ыччатын культурнай киинэ этэ. «Сайдыы» диэн литературнай – сырдатар бөлөхтөөҕө. Бу түмүү биир көхтөөх кыттыылаа5а Степан Ефремов буолбута. «Сайдыы» кэлин «Кыһыл сулус» диэн ааттанан обкомол салайыытыгар киирбитэ. Бу куруһуогу П. Ойуунускай, А. Ф. Бояров, А. А. Күндэ салайбыттара. Онно Тыаһыт, Эллэй, Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, Абаҕыыныскай, Сергей Васильев, Николай Заболоцкай, Күн Дьирибинэ бааллара. Куоракка тэриллибит бу литературнай киин бөлөх түмүүтэ эдэр талааннаах уолу айар суолга букатыннаахтык үктэннэрбитэ.
С. Ефремов, салгыы үөрэнэн, 1929 сыллаахха Иркутскай рабфагын бүтэрэр уонна дойдутугар кэлэн Чурапчыга ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн, оройуоннааҕы үөрэх салаатын сэбиэдиссэйинэн улэлиир. Манна олорон 1934 сыллаахха, кистээн, «Ини-бии» драманы суруйар.
С. Ефремов бастакы айымньылара аҥардас революционнай-агитационнай эбит буоллахтарына, айар үлэтин иккис кэрдиис кэмигэр, гражданскай сэрии тематыгар эргиллэн суруйбут айымньытынан сиппит-хоппут драматург – суруйааччы ааттаппыта. Онуоха гражданскай охсуһууну бэйэтэ ортотунан ааспыт олоҕо, охсуһууну этинэн-хаанынан билбитэ, общество бүттүүнэ икки лааҕырга хайдыбыт үйэтин, оччотооҕу кэм кылаассабай өйүн-санаатын күүскэ ыйылыннаран, уус-ураннык, ситэри түмүллүбүт характердарынан таба арыйарыгар көмөлөспүтэ.[1]
«Ини-бии»
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]«Ини-биигэ» критиктар урут биир эрэ хайысханы көрөллөрө. Ол аата, драма сүрүн геройа кылаас өстөөҕөр хайдах сыпыаннаһыыларын уонна ол конфлигын автор төһө сөпкө, дириҥник быһаарарынан. Ити оччотооҕуга, коммунистическай идеология бүтүннүү сабардаан олордоҕуна, советскай суруйааччылартан, критиктэртэн социалистическай реализм сүрүн ирдэбилэ буолара. Атыннык саныыр, суруйар сатаммат кэмэ этэ. «Ини-бии» автора даҕаны итинтэн туоруур кыаҕа суоҕун билэрэ. Билигин «Ини-биигэ» хат эргиллэн, сирийэн ааҕар буоллахха, норуот дьиҥнээх санаата-оноото, Николай-убай быраатын кытары көрсүһэр сыанатын тылларыттан иһиллэргэ дылы. «Николай (аа-дьуо) «Сыыһаҕын көннөр»… Кэбис, мин сыыһам, мин алҕаһым олус улахан. Кырдьык даҕаны, мин санаам, мин сүрэҕим кэнники бириэмэҕэ тоҕо эрэ олус долгуйан эрэр, хайыта тыыттарар буолан эрэбин, урут итэҕэйэр дьоннорум, доҕотторум мин харахпар тоҕо эрэ итэҕэллэрин сүтэрэн эрэллэр… Тоҕо эрэ бу хамсааһын биһиги диэки үчүгэйин көрдөрүмээри гынна. Тоҕо эрэ мин суобаһым, туох эрэ кирдээх курдук, кутуруйталаан ылар буолан эрэр… ол да буоллар, ханнык эрэ көстүбэт быа бииргэ үөскээбит эйгэбиттэн, бииргэ үөскээбит… Эн эрэйдэнэ сытаргын көрө-көрө, ийэм эрэйдээх сордонорун саныы-саныы, мин сүрэҕим ытырбахтыыр…». Кылаассабай охсуһуу уотун ортотугар биирдэ баар буолан хаалбыт убай маныаха бэйэтин даҕаны олоҕун, омугун даҕаны дьылҕатын бэрт дириҥник ыарарҕатан көрөрө көстөр.
Быраата Михаил буолла5ына, убайыгар «…эн биһикки суолбут икки аҥы! (Кытаанахтык). Ол эрээри, санаам туолбакка өлүөм буоллаҕа. Быыпсай кулуба эһигини анныбар уктубатым, ол эрээри мин табаарыстарым эһигини тобоҕолуохтара!». Бу, биллэн турар, олоҕу билбэтэх, бэйэтин сатаан туттунар да, норуот да дьиҥнээх санаата буолбатах. Манна бэл «аа-дьуо», «кытаанахтык» автор ремаркалара даҕаны онуоха үгүһү этэр курдук.
Оччотоо5у критика ити икки хайысханы тэҥҥэ тутан көрөр кыахтара суоҕа. Өскөтүн бу хайысханы драмаҕа ордук чорботон көрөр эбитэ буоллар, ийэтин тылын истибэтэх, оҕочоос комсомоллааҕар, интеллигенция ортотугар иитиллибит үөрэхтээх Николай долгуйуута, муҥнаныыта, билиҥҥи кэм киһитигэр ордук итэҕэтиилээхтик өйдөнүллэр. Кини ис санаатын ылан даҕаны көрдөххө, икки киһи олороро биллэр. Михаил мэлдьи плакат, ыҥырыы тылларынан кынаттанара, быһыыта-таһаата бардамсыйара олуонатык көстөр. Кини «Комсомолец хаһан да, туохтан даҕаны толлуо суохтаах» — диир. Михаил партията эттэҕинэ, кими да харыстыыр санаата суох. Инньэ гынан революционнай - романтическай кэм геройдарыгар эрэ толору эппиэттиир образ буолан хаалар. Арай Николай курдуктар хайа баҕар кэмҥэ, олохтон тахсыбыт уонна олоро сылдьыбыт дьоннор. Автор үрдүк ситиһиитинэн кинилэр иккиэн бэйэлэрин идеалларын турууласпыт уонна ол туһугар тэҥ бэриниилээх геройдар. Кинилэри кытта көрөөччүнү сыанаттан арыллар быыс буолбакка, бүтүн үйэ халыҥ быыһа араартыыр. Өскөтүн бырааттыылар трагедияларын биир хайысханан эрэ буолбакка ити курдук кэлимсэ ылан көрөр буоллахха, биһиги аҕаларбыт-эһэлэрбит олорон кэлбит ааспыт олохторо дьэҥкэтик көстөр. Бу буолар, улахан маастар хайа баҕар кэм көрөөччүтэ эҥкилэ суохтук ылынар айымньытын суруйбута.[1]
Суруйааччы айар үлэтин уонна олоҕун чинчийбит А. Билюкина суруйбутун курдук, «Драматург пьесаларыгар эрдэттэн өйтөн оҥорон суруйуу, үрдүк романтическай ньыманан албаһырыы суох, персонажтар майгылара, быһыылара-тутуулара олоххо ыкса чугастар, кырдьыктаахтар»[2]
.
Степан Ефремов саха драматын сайыннаран уонна атын жанрдар таһымнарыгар тиэрдэн, оччотооҕу национальнай театр сайдыытын түргэтэтэргэ, бытаарыыттан, хаалыыттан таһаараары бары талаанын, сатабылын, кыаҕын биэрбитэ. Литература киһититтэн норуокка «иэс» диэни кини итинник өйдүүрэ. Онуоха кини талаана маастарыстыбата тэҥҥэ дьүөрэлэспитэ. Степан Ефремов уустук историческай кэрдиис кэмҥэ олорон, үлэлээн, айан ааспыт, бары талаанын төрөөбүт норуотун искусствотын туһугар анаабыт уонна ол туһугар үлэлээбит драматург-суруйааччы.[1]
Бастыҥ айымньылара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- «Ини-бии»
- «Хардыылар»
- «Киирик кэргэттэрэ»
- «Өстөөхтөр»
- «Иэс»
- «Чуумпу кытыл»
- «Лэкиэс»
- «Куорат кыргыттара»
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Саха АССР искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ
- Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала
- Хаҥалас улууһун Ытык гражданина
Суруйааччы туһунан
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Степан Ефремов // Писатели Земли Олонхо: биобиблиогр. справ. — Якутск, 2000. — С. 217—218. — Библиогр.: 15 назв.
- П. С. Никитин. П. Ефремов // Никитин П. Мастера якутской сцены. — Якутск, 1985. — С. 230—231.
- С. П. Ефремов: (90 лет со дня рождения) // Якутия—1995: календарь знаменат. и памят. дат. — Якутск, 1994. — С. 8. — Библиогр.: 17 назв.
- 80 лет со дня рождения С. П. Ефремова, якутского писателя-драматурга // Якутия—85: крат. списки лит. — Якутск, 1985. — С. 3—4. — Библиогр.: 14 назв.
- Потапов М. Степан Павлович Ефремов: (к 60-летию со дня рождения)// Календарь знаменат. и памят. дат Якутской АССР на 1965 год. — Якутск, 1965. — С. 7—10. — Библиогр.: 14 назв.
- Билюкина А. А. Улахан суолталаах айымньылардаах // «Чолбон». — 2000. — № 1. — С. 89—91.
- Сүдү талааҥҥа сүгүрүйүү: ахтыылар, ыстатыйалар, суруктар, кыра кээмэйдээх пьесалар — Дьокуускай: «Бичик», 2005. — 212 с. (Драматург Ефремов 100 сааһыгар).
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ 1,0 1,1 1,2 1,3 Хаҥалас улууһун кииннэммит библиотеката. Биобиблиографическай ыйынньык Архыыптаммыт 2016, Кулун тутар 4 күнүгэр.
- ↑ Билюкина А. А. Улахан суолталаах айымньылардаах
Ылыллыбыт сирэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- А. А. Билюкина ыстатыйата Архыыптаммыт 2007, Алтынньы 11 күнүгэр.
- Писатели Якутии
- Ефремов Степан Павлович: биобиблиогр. ыйынньык: хомуйан оҥордулар А. М. Наумова, З. С. Келина; Хаҥалас улууһун кииннэммит библиотеката. — Покровскай, 2005. — 21 с.